Читать онлайн «Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт»

Автор Тарабукин Иван

Владимир Тарабукин, Иван Тарабукин

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019

© Владимир Тарабукин, Иван Тарабукин, 2019

Ыччуу-ычча

Үс атастыылар, Турантай, Кэриспэндиэн уонна Күөх Харах, борук-сорук кураанах уулусса устун хаамсан хоочугураһан иһэн, итир-ботур сэлэһэн, бүгүҥҥү күннээх былааннарын торумнууллар:

– Ыччуу-ычча, тугун баҕас тымныытай! Хайа, нохолоор, ханна баран киһи-хара буолабыт?

– Урукку эбитэ буоллар кураанах бытыылка туттаран абырахтаныа этибит, билигин, үйэ уларыйан, бытыылка да тутан абыраабаттар, бөх дьааһыгын аайы омук бытыылката тобус-толору. Өҥнөөх тимири туттарыахпытын урукку курдук мээнэ ыһылла сыппат, буларга уустук.

– Ээ, бэйэбит курдук ускул-тэскил сылдьар дьон күн-түүн аайы элбээн, эбиллэн иһэллэр, туох эмэ кылах гынан көһүннэ эрэ тута ылаллар, онно дьиэ таһын ыраастааччылары эбэн кэбис, кинилэр эмиэ хомуйан туттараллар. Дьиэ таһын хомуйан ылбыт хамнастарынааҕар, тимири туттаран элбэх харчыны аахсаллар. Ол дьонуҥ хомуйар ыырдарыгар туора киһини саараама чугаһаппаттар, көмөлөһүннэрэр эрэ дьоннорун киллэрэллэр.

– Халҕыаһы билэҕин дии, ол киһи дьиэ таһын ыраастааччыларга сыстан түүлэнии-өҥнөнүү бөҕө үһү. Зиналаах тиийбиттэригэр сириттэн көҥөнөн ыстаҥалааһын бөҕө буолбут, кыратык саайсан да ылбыттар, аны манна кэлимэҥ эҥин диэтэлээбит, – Кэриспэндиэн буруолуу сылдьар сибиэһэй сонуннарыттан үллэһиннэ.

– Сирэҕэһи, кини баҕас киһи билэр сүөһүтэ этэ ээ! Көрүстэххэ сирэйин тэҥнээн биэриллиэ, – Күөх Харах кыбдьырынан ылла.

– Ол дьиэ таһын хомуйааччылар ылгын уолларын сыгынньах илиигинэн таба туппатыҥ буолуо ээ. Били кыра Ньуккууну билэҕин дии. Кини эмиэ ол дьон тэллэхтэрэ буолан, сиппиир, күрдьэх тутан баран, төттөрү-таары төөтөҥнөөһүн бөҕөтө. Уҥуохтуун үрдээбит курдук буолбут, «бөх дьааһыгын хаһарын хаһыҥ да, таһыгар мээнэ ыһымаҥ-тоҕумаҥ» диэн дьаһалымсыйыы бөҕөтө.

– Бу сэлээрчэҕи көрүҥ эрэ, аҕыйах хонук иһигэр уларыйа охсубутун. Хата, дьааһык хаһары көҥүллээбит эбит дии.

– Этимэ даҕаны, түүлэнэн истэҕин аайы өссө ыттыйан иһэрэ буолуо?!

– Дьэ, оччоҕо хайа диэки баран, тугу булан үссэнэбит? Сайсаар диэки барыаҕы Хахай Лүөбэлээх барытын хомуйан бүтэрдэхтэрэ. «Тыгын Дархан» диэки баран көрөрбүт дуу, онно да туһата суох буолара буолуо. Таҥара дьиэтигэр барыаҕы бүгүн нэдиэлэ ортотугар сылдьар киһитэ аҕыйах буолуохтаах. Таах баран ыттыы тоҥон титириэхпит. Урукку курдук таҥара дьиэтигэр иттэ киириэхпитин, саҥа ханньайбыт харабыллара саа тэбиитэ да сиргэ чугаһаппата чахчы, уонна арба да онно биһиги эҥээр улуустары атын улуустар хаамаайылара үтүрүйбүт сурахтаахтара, олох да туһата суох эбит. «Дракоҥҥа» хайдах эбитэ буолла, тобоххо-ибэххэ тиксиэххэ сөп эбитэ дуу, суоҕа дуу? Эбэтэр эрэйэ суох отунан-маһынан сэбилэнэн биир эмэ кыра-хара киһини халыахха баара.

– Па, «Дракоҥҥа» хойутаатахпыт дии! Хаһан хоочугураһан тиийиэхпитигэр диэри онно дугуйданар эрэттэр түүнү быһа көрүлээбит дьон ыспыттарын-тохпуттарын начаас ньылбы ыраастаабыттара буолуо ээ. Оттон түүнүктээх түрмэнэн дугуйданыаххын баҕарбатаххына, дьоҥҥо саба түһэр толкуйгун киэр кыйдаа.